Перейти к содержимому

Текст песни Ника — Таптал кыыма

Исполнитель: Ника Обновлено:

1. Орто туруу дойдуга
Санаам бүппэт далайыгар
Дууhам тугу таайтаран
Түөспэр сылаас угуттанар
Кини билбэт иэйиитин
Иитэр бигээн сүрэҕим
Ахтылҕанын ыҥыран
Итии сүүрээн куппун илгиир.

Х/ы Оо күн буолан күлүмнээн
Эн сөтүөлүүр эбэ күөлгэр
Көмүс ардах сардаҥабын
Тоҕуом этэ күүскэр күүс эбэн

2. Кэми кэмнээн бытаардан
Кэлгийэрдии кыhаныма
Тулуур баарын тухары
Таптал кыыма умуллубат
Хара түүнү харахтаан
Күүтэр миигин күндү киhим
Сирдиир сулус уотунан
Ыллык суолбун сырдатаҕын!

Текст добавил: Андрей Курышев

Похожие песни

Другие песни исполнителя Ника

Все песни Ника →

Подборки песен под гитару

Все подборки →